Режим работы:
Пн, Вт, Пт
10:00 - 18:00
Обед 13:00 - 14:00
Ср - Чт 11:00 - 19:00
Обед 14:00 - 15:00
Суббота 10:00 - 13:00
Выходной воскресенье
"Үс хоһуун" кинигэ сүрэхтэннэ
Бурнашев Николай Николаевич - Куола Уолун билбэт киһи суоҕа буолуо. Республика бүттүүн сэҥээрэн көрбүт "Хоһоон суһума" биир бастыҥ кыттааччыта "Үс хоһуун" диэн кинигэтин сүрэхтэниитэ Хамаҕатта олохтоох библиотекатын ааҕар саалатыгар буолла. "Эҥсиэли хочото" хоһоонньуттар түмсүүлэрин кыттааччыта Екатерина Николаевна Быканова - Быыкаа Катя Куола Уола "Саха төрөөн ааспыт суола" хоһоонун доргуччу өйтөн ааҕыытыттан тэрээһин саҕаланна.
Библиотека сэбиэдиссэйэ Марина Саввична Корякина Николай Николаевич Бурнашев хантан хааннаах, кимтэн кииннэх буоларын билиһиннэрдэ уонна тута сүрүн сорукпут -"Үс хоһуун" кинигэ тула кэпсэтиигэ ыҥырда. Кинигэҕэ 17 үйэҕэ сахалар олохторо-дьаһахтара ойууланар. Нуучча хаһаахтарын кытта атааннаһыы түмүгэр саха дьоно-сэргэтэ тыыннаах хаалар туһугар бас-көс дьон биир бигэ быһаарыныыны ылынан-алаастарга саһан, бытарыйан олохсуйбуттарын туһунан бэрт итэҕэтиилээхтик ойуулуур. "Олус сөбүлээтим. Мин маннык историческай хабааннаах кинигэлэри, ордук Далан айымньыларын таттаран ааҕааччыбын. Бу "Үс хоһуун" кинигэнэн сахалыы ойуулук оҥоруохха сөп эбит, мин харахпар ону ойуулаан көрөбүн"-диэн кэпсэтиигэ олохтоохтук бэлэмнэнэн кэлбит Елена Захаровна Парникова санаатын үллэһиннэ.
Елена Антонова -Күн Сиккиэр Сунтаар курдук сиртэн кэлэн Куола Уолун суруйуутугар "Үстүөпэ сырыылара"- кинигэни анаарда. Бу Саха сирин суруйааччыларын сойууһа биллэрбит оҕолорго аналлаах күрэскэ бастаабыт, 1000 ахсаанынан босхо бэчээттэнэр айымньы туһунан Күн Сиккиэр маннык диир: "Киһи биир тыынынан ааҕар кинигэтэ. Саха итэҕэлэ, саха үөрэҕэ Үстүөпэ уолчаан өйүгэр-санаатыгар, этигэр-хааныгар эһэтин Туотаан үөрэтиитинэн: сааскы кус абылаҥыттан, сайыҥҥы от үлэтинэн, күһүҥҥү, кыһыҥҥы булт-ас соноруттан, хас түгэҥҥэ даҕааһыннаах сэп-сэбиргэл, тэрил, тутуу хайдах-туох быһыылаах туттулларыттан иитиллэн дириҥник иҥэн киирэр. Бу кэпсээҥҥэ суруйааччы олох сүнньэ, туллубат тулааһына-уол оҕо, эр киһи олоххо мындыр, дириҥ сыһыанын, итэҕэл тыына эр киһиэхэ төрүкү ис-хаан иҥэ сылдьарын арыйан көрдөрөр."
Куола Уолун чугас доҕоро, Саха Республикатын суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Константин Харлампьев Николай хоһооннорун үүтээҥҥэ, айылҕаҕа сылдьан суруйбутун аахпытын, сири-дойдуну хараххар көрөр курдук ойуулуур, оннук саха тылын табатык туттар диэн бэлиэтээтэ. Кэлин эдэр көлүөнэҕэ туһалаах буолуоҕа диэн түмүктээтэ. "Иэйии" түмсүү салайааччыта Илья Афанасьев-Алмаас Куола Уолунаан хоһоонньуттар түөлбэлэригэр билсибиттэрин, кини күүстээх тыллаах хоһоонньут буоларын "Отуу Уота" түмсүүгэ ылын диэн А.Дунаевка эппитин аҕынна. "Уран тыл оһуора"-түмсүүнү төрүттээбит Раиса Николаевна Тимофеева Куола Уолун биир хомоҕой тыллаах хоһоонньута буолан сахалыы тыл тэнийэрин туһугар ыытыллар үлэлэригэр кыттыһан тэрилтэлэринэн сылдьан сахалыы кинигэни тарҕаталларын, элбэхтик ааҕалларын кэпсээтэ. Куола Уола “Уран тыл оһуора” түмсүүттэн куорсун анньан тахсыбытын бэлиэтээн эттэ. Николай Николаевич хоһооннорун ким, тоҕо бу хоһоону талбытын этэн туран кинигэттэн хоһоон аахтылар.
Тэрээһиммит биир кырдьаҕас ыалдьыта, журналист, поэт Григорий Эверстов-Тыыппалаах Сангаартан нууччалыы эрэ саҥарар саха кыыһын ойох ылбытын, ол кыыс Намҥа кэлэн сахалыы уһуйуллан билигин саха тылын корректора буолтун, оҕолор эмиэ нууччалыы эрэ саҥарар оҕолор билигин сахалыы саҥарар, ааҕар буолтарын күлэ-үөрэ кэпсээтэ. Ол курдук кыра уола Куола Уолун "Үс хоһуун" кинигэтин ааҕан сөбүлээбитин биллэрбит. Эбиитин доҕотторугар аахтарбыт.
Любовь Васильевна Иванова Куола Уолун "Сайыҥҥы сарсыарда" уонна "Мин дойдум" диэн хоһоонноругар бэйэтин матыыбыгар икки ырыаны бэлэх ууммута бу дьоро күн биир кэрэхсэнэр түгэнинэн буолла. "Сайыҥҥы сарсыарда" намыын, истин тыллардааҕын курдук матыыба даҕаны наҕыл, "Мин дойдум" хоһоону дэгэрэн матыыптаах диэн Любовь Васильевна быһаарбытыгар истээччилэр олус биһирээн ытыс тыаһын бэлэхтээтибит. Чахчы табыллыбыт ырыалар.
Өссө биир долгутуулаах ахтыыны Степанида Иванова-Санаара оҥордо. Кини 36 сыл медицинэҕэ үлэлээбит. Сангаарга эмиэ нууччалыы эрэ саҥарар киһи 50 сааһыттан сахалыы эрэ хоһооннору суруйар буолбут. Санаара олоҕун доҕоро Константин Мохначевскай улаханнык ыалдьыбытыгар республикаҕа хоһоон күрэһин биллэрбиттэр. Онно Константин Куола Уолун тылларыгар ырыа айбытын сырдатта. Ол ырыаҕа улаханнык ыалдьа сылдьар киһи курус тыыны биэрэн олус курустук иһиллибитин аҕынна. Итиэннэ Куола уола биир бастакынан өйөөн хоһоонун ыыппытыгар махтанан бэйэтин кинигэтин бэлэхтээтэ. Ол хоһоону Андрей Меркулов тоҕус хоһоонньуттан талбытын "Хоһоон суһумугар" истэн турабыт. "Отуу уота" литературнай түмсүү аатыттан Марта -Мария улуус Бочуотунай Грамотатын уонна түмсүү аатыттан кыһыл көмүс дуйдаах авторучканы бэлэх уунна. Өссө да элбэх хоһоонно, кэпсээннэ айа тур диэн алҕаата. Ол кэннэ Куола Уолун хоһооннорун аахтылар. Федотов Владимир Егорович-Одун Куола Уолунаан бииргэ бултаан, бииргэ чэйдээн ааспыт дьоннорун куруук ахталларын аҕынна. Инникитин айар үлэтигэр ситиһиилэри баҕарда.
Бу тэрээһиҥҥэ Хамаҕатта нэһилиэгин баһылыга Евгений Сергеевич Ушницкай эҕэрдэ эрэ тылынан муҥурдаммакка аҕатын уонна эһэтин Сэкини Куола Уолун кытта ситимниир ахтыы оҥордо, бэлэх туттарда. Улуус культураҕа салаатын начальнигын солбуйааччы Ипполитов Руслан Егорович эҕэрдэ сурук туттарда.
Ыалдьыттар кэннилэриттэн олохтоох хоһоонньуттар тылы ыллылар. Ол курдук: Жиркова Мария Гаврильевна-Кытыл Маайата, "Эҥсиэли хочото" түмсүүттэн (салайааччы Азарова Надежда Егоровна) Екатерина Быканова-Быыкаа Катя уонна мин Куола Уолун хоһоонун аахтыбыт. Кэлбит ыалдьыттарбыт Куола Уолун хоһоонноругар да, кэпсээннэригэр да хас биирдии тыл туруохтаах сиригэр турарын, ханна да көһөрбөккүн уонна атын тылынан солбуйбаккын диэн ис хоһоонноох Лев Толстой бэргэн тылларын холобур аҕалан сыаналаатылар. Бары да бу ыытыллыбыт поэзия уонна история чахчыларыгар суруллубут "Үс хоһуун" кинигэ сүрэхтэниититтэн дуоһуйдубут. Биир киһиэхэ поэзия уонна проза тэҥ таһымҥа иҥмитин сөхтүбүт-махтайдыбыт. Инникитин Куола Уола Саха сирин суруйааччыларын кэккэлэригэр киириэ диэн эрэлбитин, баҕабытын эттибит. Өлбөт-сүппэт үтүө тыллары сүктэрдибит.
Феврония Баишева. Хамаҕатта.
Олунньу 13 күнэ - Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнэ
Тупсаҕай буочар
Сахалыы сурукка-бичиккэ болҕомто ууран, илиинэн суруйууга убаастабылы үөскэтэн кыраһыабайдык, кэрэтик суруйарга дьулуһуохха диэн "Тупсаҕай буочар" күрэх биллэрэбит.
Норуодунай суруйааччы, истиҥ-иһирэх, көҥүл тыыннаах айымньыларынан ааҕааччы кутун туппут Наталья Михалева - Сайа "Сахам тыла" диэн хоһоонун тупсаҕай буочаргытынан суруйан, хаартыскаҕа түһэрэн 89679122229 нүөмэргэ олунньу 12 күнүгэр диэри ыытыҥ.
"Тупсаҕай буочар"
күрэх түмүгэ
Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүн көрсө илиинэн кыраһыабайдык суруйарга күрэхпитигэр Норуодунай суруйаачы Наталья Михалева - Сайа "Сахам тыла" диэн хоһоонун тупсаҕай буочарынан суруйан уопсайа 76 киһи кытынна.
Күрэх икки көрүҥүнэн ааста, ол курдук куйаар ситиминэн муҥутуур кыайыылаахтар эр дьоҥҥо Иванов Сандал Павлович, дьахталларга Попова Марианна Петровна, улахан кылаас оҕолоругар Кутуков Ян (ХСФЛ 9 кылаас), алын кылаас үөрэнээччилэригэр Сивцев Даниэль (Салбаҥ орто оскуолата 3 кылаас). Ону тэҥэ (очно) үлэлэрин кумааҕынан аҕалан биэрбит дьоҥҥо 1 миэстэни Алексеева Майя Владимировна ылла.
Хамаҕаттаҕа кэрэ-бэлиэ күн
Хамаҕатта нэһилиэгэр бииртэн биир солун тэрээһиннэрдээх, киэҥ программалаах күн буолла. 40-чэ сыл кулуубка дьукаах буолан, кыараҕас хоско кыбыллан олорбут олохтоох библиотека туспа дьиэлэннэ-уоттанна. Бу үөрүүлээх күнү бэлиэтииргэ библиотека сэбиэдиссэйэ Марина Саввична Корякина дьону түмэр дьоҕурун астына көрдүбүт. Ол туһунан бу күннээҕи программа туоһулуур. Ол курдук сарсыардаттан "Хамаҕатта-мин дойдум" кинигэ быыстапката аһылынна, манна нэһилиэкпит дьоно-сэргэтэ бэчээттэтэн таһаарбыт кинигэлэрэ турдулар. Оскуола алын сүһүөх кылаастарыгар З. А. Тихонова аатынан “Түөлбэ” оҕо кииниттэн Герасимова Маргарита Семеновна кэлэн “Пластилиновая анимация" диэн пластилинынан араас дьоруойдары оҥорон хас хамсаныыларын хаартыскаҕа түһэрэн анал приложенияҕа мультик таҥан таһаарарга маастар-кылаас ыытта. Маны тэҥэ олохтоох ыччаппыт Сандал Иванов "Үтүө үгэс-мындыр үлэ" диэн персональнай быыстапката турда. Салгыы Намнааҕы оҕо модельнай библиотекатыттан Мария Эверстова орто сүһүөх кылаас үөрэнээччилэригэр "Маленький принц" остуоруйа бэчээккэ тахсыбыта 80-сылыгар анаммыт "Зорко одно лишь сердце" диэн оонньуулаах интегрированный уруок ыытта. Саамай долгутуулаах үөрүүлээх чааска ыҥырыылаах ыалдьыттар библиотекаҕа толору муһуннулар, элбэх эҕэрдэ тыл, алгыс мааныта этилиннэ. Тэрээһин манан бүппэтэ, аны улахан кылаас оҕолоругар Н.М. Рыкунов аатынан киин библиотекаттан Татьяна Михайлова "Где логика?" диэн өй оонньуутун ыытта. Ол кэмҥэ атын саалаҕа "Сахабыт сирин кэрэтэ турист хараҕынан"- диэн айаны сөбүлүүр "Үс хочо" хамаанданы кытта көрсүһүү истиҥ кэпсэтии быһыытынан буолла. Учуутал уонна Наставник сылынан Н.М. Рыкунов аатынан киин библиотекаттан Наталья Павлова эдэр педагогтарга ПедКвиз "Большая перемена" оонньуу ыытта. Уонна бу дьоро күнү минньигэс астаах фуршетынан түмүктээтибит.
Марина Саввична Хамаҕаттаҕа 2013 сылтан үлэлиир. Ол тухары араас викториналартан саҕалаан "Саҥа саҕахтар"-нэһилиэк хаһыатын таһааран, концертары, ыһыахтары да көтүппэккэ үлэлээн кэллэ. Ол барыта кулуупка ыытыллар тэрээһин курдук буолара диэтэхпинэ сыыстарбатым чахчы. Туспа дьиэлэммит киһи хара маҥнайгыттан хонноҕо аһыллан араас солун тэрээһиннэринэн номнуо дьон болҕомтотун тарта. Ол курдук Кыайыы күнүн көрсө "Моя семейная реликвия" выставка-инсталляция; ХИФУ "теоретическая физика" кафедра профессора Борис Васильевич Яковлевы кытта көрсүһүү; "Иэйииттэн иэйии саҕыллар"-кинигэ сүрэхтэниитигэр Поэзия күнэ; "Чөл турук, бигэ тирэх-дьиэ кэргэн тутула" доруобуйа уонна кэрэ буолуу кистэлэҥэ күнэ, Библионочь аахсыйа уо.д.а. тэрээһиннэр.
Бүгүҥҥү киэҥ далааһыннаах тэрээһиҥҥэ библиотека аһаҕас аан биллэрбитэ. Дьиҥ чахчы дьоро күн буолла. Биир тэрээһини "Үтүө үгэс-мындыр үлэ"-быыстапка туһунан оллоонноон олорон кэпсиэм. Быыстапка дьоруойун бу күн Марина Саввична анаан-минээн дьонугар-сэргэтигэр билиһиннэрэ, үөрэҕин бүтэрэн идэтинэн үлэтин саҕалаабыт үөрүүтүн үллэстэ ыҥырбыт. Хамаҕаттаҕа бастакынан сэдэх идэни баһылаабыт, реставратор дипломун туппут Сандал Иванов бастакы сүрэхтэнии-быыстапката. Көрдөрүүгэ биллибэт саха маһын ууһа оҥорбут иһит уурар ыскааба турбут. Ону тэҥэ харандааһынынан, акварель, масло кырааскаларынан портреттар, натюрмортар, пленэрнэй этюдтар бааллар. Быыстапкаҕа саха француз лиссиэй 7 кылааһын үөрэнээччилэрин салайан кэлбит Алена Афанасьевна Аммосова Сандал Павловичтан бу ыскаап историятын кэпсииригэр көрдөстө. "Бу ыскаабы Никольскай нэһилиэгин “Арыы Кыынньарбыт" диэн өтөхтөн ылбытым. Ол сиргэ 50-60сс противотуберкулезнай диспансер үлэлээбит. Онно бу ыскаапка эмтэрин уураллар, харайаллар эбит. Ол балыыһаҕа кимнээхтэн кэлбитэ биллибэт. Мин реставрациям иннинэ өссө ким эрэ ойоҕоһун хаттаан оҥорбут, тоһоҕолообут. Уопсайа түөрт төгүл араас кыраасканан сотуллубут. От күөх, араҕас, сырдык халлаан күөх өҥнөр бааллар. Бэйэтин маннайгы өҥө хараҥа охра"-диэн хайдах ыраастаабытын, тугу туттубутун сиһилии кэпсээтэ. Оҕолор: төһө өр кэмҥэ оҥордуҥ? Натурщиктарын кимнээҕий? Хас чаас натурщиктары уруһуйдуугун? Саамай уһуннук уруһуйдаабыт хартыынан ханныгый? Натурщикка төһөнү төлүүгүнүй?диэн ыйытыыларыгар Сандал тус бэйэтинэн ааспыт суола буолан кэбэҕэстик хардаран истэ. Алена Афанасьевна Сандал үлэлэригэр пленэрнэй үлэ уонна натюрморт манна ханна баалларын оҕолортон ыйытта. Натюрмортка баар таҥас (ткань) туох дэнэрин, композиция, интерьер тугун быһаарда. Сандалга библиотека аатыттан Марина Саввична махтанан туран туоһу сурук туттарда.
Бу дьоро күҥҥэ кэлбит ыалдьыттарынан буоллулар Намнааҕы кииннэммит библиотечнай тиһик дириэктэрэ М.Р. Софронова, улуустааҕы культура салаатын начальнига С.П.Ядрихинскай, олохтоох дьаһалта баһылыга Е.С.Ушницкай, Хамаҕатта нэһилиэгин тэрилтэлэрэ, общественноһа. Тыл этээччилэр библиотека туспа киэҥ дьиэлэммитинэн эҕэрдэлээтилэр. Хамаҕатта библиотеката айымньылаахтык үлэлиирин бэлиэтээтилэр. Үгүс үтүө тылы эттилэр, инникитин саҥа ситиһиилэри баҕардылар. Бу күн библиотека иһинэн үлэлиир "Ийэм маллаах иһитэ" куруһуок кыттыылаахтара илиинэн тикпит "Өттүк симэхтэрин" сахалыы таҥнан кэлэн көрдөрдүлэр. Татьяна Гаврильева бэйэтин ырыатынан тэрээһини киэргэттэ.
Феврония Баишева, Хамаҕатта.
«Записаны ли Вы в библиотеку?»
Уважаемый наш читатель!
Хамагаттинская сельская библиотека проводит экспресс – анкету «Записаны ли Вы в библиотеку?».
Просим Вас ответить на предложенные вопросы. Для этого надо выбрать один из предложенных ответов. Если соответствующего ответа нет, допишите его. Эти данные помогут определить насколько жители села знают о новом месторасположении библиотеки и нам важно знать Ваше мнение о семейном чтении.
"Иэйииттэн иэйии саҕыллар" поэзия киэһэтэ
Хамаҕатта нэһилиэгин библиотекатыгар бүгүн олус сэргэх, сонун тэрээһин буолла. Библиотека сэбиэдиссэйэ Корякина Марина Саввична көҕүлээһининэн ХИФУ "Теоретическая физика" кафедра профессора, физико-математическай наука доктора Борис Васильевич Яковлев "Иэйииттэн иэйии саҕыллар" диэн кинигэтин билиһиннэрдэ. Марина Саввична бу ытыктабыллаах ыалдьытын туһунан сырдатарыгар бастатан туран Борис Васильевич биһиги Ньургун Тимофеевпытын кытта ЯГУ-га бииргэ үөрэммиттэрин бэлиэтээтэ, итиэннэ ахтан-санаан ааһарыгар көрдөстө. Борис Васильевич Ньургун Семеновичтыын хайдах билсибитин уонна доҕордоһон кэлбитин; кини олус сэмэйин, көнөтүн бэлиэтээн билбэтэх чахчыларбытын ис иһиттэн сылаастык, уйаҕастык сэһэргээтэ. Саҥа оскуоланы бүтэрбит оҕолор билсэллэригэр Ньургуну оччолортон олус оттомноох, бэрээдэктээх, эппиэтинэстээх, күннээҕи режимын тутуһан көтүппэккэ сарсыарда аайы сүүрэрин бэлиэтии көрөн сөхпүттэрин кэпсээтэ.
Онон Ньургун Тимофеев-Нам уола, биллэр политик киһибитинэн өссө төгүл киэн тутуннубут.
Көрсүһүүбүт иккис түһүмэҕинэн Борис Васильевич олоҕун научнай хайысхалара сырдатылынна. Утумнаах үлэ, сыра уонна чөл олох докторскай көмүскээһинигэр олук буолтар. Үөрэтэр оҕолоругар тус бэйэ холобура буолан билигин алта үөрэнээччитэ докторскай степени көмүскээбиттэрин бэрт симиктик кэпсээтэ.
Тэрээһиммит үһүс-сүрүн түһүмэҕэр "Иэйииттэн иэйии саҕыллар" кинигэҕэ киирдибит. Манна оскуола эрдэхтэн билэр улуу поэттэрбыт А.Пушкин, М.Лермонтов, С.Есенин, барыта 41 хоһоонун тылбаастаабыта киирбит. Бу көрсүһүүгэ анаан- минээн оҥостон, Сергей Есенин хоһоонноруттан талан, өйтөн ааҕарга бэлэмнэнэн кэлбит араас кэмнэргэ нэһилиэкпитигэр дьахтар сүбэтин салайбыт далбар хотуттар тахсан тоҕо бу хоһоону талбыттарын этэн туран аахтылар. Кинилэр ортолоругар ветеран учуутал Валерия Степановна Кривошапкина баар. Кини "Харас" (черемуха) сахалыы тылбааһын хайдах курдук чопчу этэрий диэн: харыс үүнэн силигилээн силис бастаан сүмэһин ыларын, ону хас биирдии сэбирдэххэ тарҕатарын бэрт итэҕэтиилээхтик бигэргэтэн тылбаас тылларын аахта. Анна Заровняева “Белая береза”, Екатерина Саввинова “Отговорила роща золотая”, Саргылана Индеева “Не жалею, не зову, не плачу” хоһооннору уобарастаан таҥнан-симэнэн кэлэн долгутуулаахтык аахтылар.
Александр Пушкин “Няне” хоһоонун кириэһилэҕэ испииссэнэн баайа олорор ньээҥкэтин таһыгар инсценировкалаан нууччалыытын уонна сахалыы тылбааһын Анна Шадрина уонна Дмитрий Алексеев аахтылар. Ол кэннэ ветеран учуутал Елизавета Михайловна Касьянова "Зимний вечер" романсы толордо.
Салгыы “Тупсууна” дьахтар сүбэтэ түмсүүнэн тахсан таайтарыылаах чүмэчи уотун таһыгар, музыка бытаан матыыбыгар дьүөрэлээн Александр Пушкин хоһооннорун тылбааһын толордулар. Бу тэрээһин кэлэр күлүөнэ ыччаты тумнубата. Ол курдук саха францууз лиссиэйин 6 кылааһын үөрэнээччилэрэ кытыннылар. Кинилэргэ лицей библиотекара Надежда Местникова оскуола программатыттан А.Пушкин, С.Есенин, М.Лермонтов хоһооннорун талан үөрэппиттэрин кэпсээтэ, доргуччу аахтарда. Ити курдук бары кыттааччылар тылбаас олус табыллыбытын бэлиэтээтилэр. Библиотекарь Марина Саввична Борис Васильевич тылбааһыгар оччотооҕу кэми, быһыыны-майгыны, сир- уот уратытын көрдөрөргө саха сомоҕо домохторун, өс хоһооннорун, саха бэргэн тылларын таба туһанарын бэлиэтээтэ. Тылбаас уонна хоһоон айыы туох уратылааҕын, төһө кэмҥэ (уһуннук дуу, кылгастык дуу) хоһоону тылбаастыырын ыйытта. "Сорох хоһоон биир күнүнэн, сорох хоһоон сыл аҥара буолар"- диэн ыалдьыппыт билиннэ.
Бу икки ураты хайысхалары Борис Васильевич хайдах дьүөрэлээн иккиэннэригэр үрдүк ситиһиилэммитин сөҕүөхпүтүн сөхтүбүт. Ити курдук Хамаҕатта хоһоону, литератураны сэҥээрээччилэригэр Борис Васильевич бу кэрэ түгэни бэлэхтээбитигэр нэһилиэк баһылыга Евгений Сергеевич Ушницкай махталын тириэртэ уонна поэзияттан дуоһуйууну ылбытын биллэрдэ. Олохтоох мелодист Сандаара Оротоо Алесандр Дунаев тылларыгар, бэйэтин матыыбыгар “Төрөөбүт төрүт түөлбэм, Хамаҕаттам” диэн саҥа ырыатынан бүгүҥҥү киэһэни киэргэттэ. Борис Васильевич айар үлэтин туоһулуур үс кинигэлэрин илии баттаан библиотека фондатын хаҥатта.
Феврония Баишева. Хамаҕатта.
"Библионочь" - Хамаҕаттаҕа сонун тэрээһин
Хамаҕаттаҕа библиотека туспа дьиэлэнэн бу сыл саҕаланыаҕыттан араас хайысхалаах тэрээһиннэри ыытар. Онтон биир улахан, сонун тэрээһининэн Россия үрдүнэн 12-с төгүлүн ыытыллар "Библионочь" акция буолар. Бу акция хайдах ааспытын библиотекарь Марина Корякина кэпсиир.
Сиһилии
Хамаҕаттаҕа саҥа кинигэ
"Олох быстыбат ситимэ"
Бу кинигэҕэ Нам улууһун Хамаҕатта нэһилиэгэр дьоһун олоҕу олорон, үлэлээн ааспыт Герой Ийэ Вера Саввична уонна Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии ветерана Василий Степанович Винокуровтар тустарынан бииргэ төрөөбүттэрин, оҕолорун-сиэннэрин, үөлээннээхтэрин, бииргэ үлэлээбит-алтыспыт дьоннорун ахтыылара, кинилэр тустарынан хаһыакка, кинигэҕэ бэчээттэммит ыстатыйалар киирдилэр.
Хомуйан оҥордо Любовь Васильевна Иванова
“Иитэр үлэ үктэллэрэ” кинигэ биһирэннэ
Муус устар 21 күнүгэр В.П. Артамонов аатынан саха-француз лицей коллектива 25 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн тахсыбыт саҥа кинигэлэрин билиһиннэрэр тэрээһинэ “Түһүлгэ” НАК буолла. Саҥа таһаарыыларга, о5олор ситиһиилэригэр анаммыт быыстапканы лицей учуутала Елена Лыткина сырдатта. Быыстапкаҕа сүрүн миэстэни В.П. Артамонов олоҕун, үлэтин көрдөрөр докумуоннар, хаартыскалар болҕомтону тартылар. Методическай пособиелары, кинигэни билиһиннэриини лицей библиотекара Надежда Местникова саҕалаата, салгыы 4 түһүмэҕинэн барда. Ол курдук, учууталлар “Библиотека педагогических инноваций” сериялара, методическай холбоһуктар үлэлэрэ, лицей үөрэнээччилэрин научнай-чинчийэр үлэлэрин хомуурунньуктара тус-туспа брошюранан тахсыбыттар. Маны таһынан лицей иитэр үлэтэ бары өттүттэн түмүллэн “Иитэр үлэ үктэллэрэ” диэн ааттанан дьоһун кинигэ буолбут. Кинигэни лицей директора Юрчана Парникова, иитэр үлэҕэ директоры солбуйааччы Светлана Новгородова, кылаас салайааччыта Алена Аммосова, оҕо хамсааһынын тэрийээччи Сардаана Никитина хомуйан таһаарбыттар. Манна кылаас салайааччылар ахтыылара, куруһуок үлэтэ, директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччылар өр сыллааҕы уопуттара, иитэр үлэ тосхоллоро, түмүктэрэ сылларынан наарданан киирбиттэр.
Кинигэ сүрэхтэниитигэр Иван Максимов - нэһилиэк баһылыга, Мария Игнатьева - Нам улууһа МТ баһылыгын солбуйааччы, Венера Дьяконова-оччолорго үөрэх салаатын сэбиэдиссэйэ, Альберт Павлов – “Альтернатива” профсоюз председателэ, Аида Местникова – “Тускул” уһуйаан сэбиэдиссэйэ, Антонина Харитонова – “Түһүлгэ” НАК директора эҕэрдэ тылларын анаатылар. Үлэлээн ааспыт учууталлартан Ульяна Флегонтова, Валентина Сокольникова, Матрена Винокурова, ветераннартан Надежда Макарова, Николай Захаров, Анна Заровняева, Дмитрий Алексеев ыалдьыттаатылар.
Бу уустук кэмҥэ иитэр үлэ суолтатын туһунан санааларын үллэһиннилэр, кинигэ тахсыытын биһирээтилэр.
Мария Винокурова
Хамаҕаттаҕа нэһилиэк күнүгэр 4 кинигэ сүрэхтэннэ
Бүтүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин элбэх улууһун хабан, айар куттаах хоһоону уонна ырыаны айар дьоҕурдаах доҕоттору түмэн үлэлии олорор “Уран тыл оһуора” уонна Нам улууһун “Отуу уота” литературнай түмсүүлэрин чилиэнэ, 4 кинигэ ааптара, биһиги биир дойдулаахпыт Николай Николаевич Бурнашев – Куола Уола “Дьоһун дьоммор бэлэҕим”, “Сырдык санаам ыралара”, “Кытыл ырыата” диэн хоһооннорун хомуурунньугун уонна “Сатамматах Дьаһаах” диэн кэпсээннэрдээх кинигэлэрин сүрэхтэниитэ кулун тутар 19 күнүгэр Д.Д. Новгородов аатынан “Кэскил” балаҕаҥҥа итии чэйдээх, минньигэс астаах остуол тула истиҥ ахтыы көрсүһүү буолан ааста.
Быйыл, 2022 сыл – республикабытыгар Ийэ сылынан биллэриллибитэ. Онон дьоро күммүт
Н.Н. Бурнашев - Куола Уола “Ийэ диэн кылгас тыл” диэн хоһоонун тылларынан саҕаланна.
Ийэ диэн кылгас тыл
Олус да суолталаах,
Түгэҕин булларбат
Дириҥ да чүөмпэлээх.
Ийэ диэн кылгас тыл
Оҕоҕо күндүтүөн,
Олоҕу төрүттүүр
Кэскилэ кэрэтиэн.
Ийэ диэн кылгас тыл
Таптала улуутуон,
Хас сүрэх аайытын
Тыллара нарыныан.
Ийэ диэн кылгас тыл
Саҕаҕа ырааһыан,
Сир үрдүн барытын
Кууһара сылааһыан.
Ийэ диэн кылгас тыл –
Аан дойду тутула,
Ийэ диэн кылгас тыл –
Дьон аймах таптала.
Ийэ диэн сир киинэ,
Сир Ийэ ис тыына
Күн сирин үс кута,
Кэлэр кэм саргыта
Николай Николаевич Бурнашев – Куола Уола Уус – Алдан улууһугар Баатаҕай нэһилиэгэр 1958 сыллаахха ахсынньы 17 күнүгэр үһүс оҕонон төрөөбүт. Бииргэ төрөөбүт биэстэр. Николай Николаевич олох кыра эрдэҕинэ дьиэ кэргэнинэн Хамаҕаттаҕа көһөн кэлбиттэр. Онон орой мэник оҕо сааһа, ойор-тэбэр эдэр сааһа, үлэлиир-хамсыыр дьоһун сааһа бу манна, Хамаҕаттаҕа ааспыт. Оскуоланы бүтэрэн, Аармияҕа Казахстаҥҥа 1977-79 сылларга сулууспалаабыт. Армияттан кэлээт суоппар идэтигэр үөрэнэн сопхуоска суоппарынан үлэлээн саҕалыыр. Ол кэннэ 8 сыл сылгыһыттыыр. 2001 с. Дьокуускай куоракка көһөн барар. Пиэнсийэҕэ тахсыар диэри 16 сыл гаас ситимин тардыытыгар автокран массыынаҕа үлэлээбит. Пенсияҕа тахсан баран, харабыл үөрэҕэр үөрэнэн, ол идэтинэн билигин үлэлии сылдьар. 1981 сыллаахха ыал буолан билигин 4 оҕолоох, 7 сиэннээх.
“Дьоһун дьоммор бэлэҕим” диэн маҥнайгы кинигэтигэр айылҕаҕа, олоххо, төрөөбүт дойдуга уонна тапталга сыһыаннаах хоһоонноро киирбиттэр. Кинигэ Хотугулуу Илиҥҥи Федеральнай университет кинигэтин кыһатыгар 50 ахсаанынан 2019 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыт. Бу кинигэҕэ уопсайа 46 хоһоон киирбит. Киирии тылын “Уран тыл оһуора” түмсүү салайааччыта Раиса Николаевна Тимофеева-Михайлова суруйбут.
Иккис кинигэтэ “Сырдык санаам ыралара” диэн ааттанан эмиэ ити сыл Хотугулуу Илиҥҥи Федеральнай университет кинигэтин кыһатыгар 50 ахсаанынан бэчээттэнэн тахсыбыт. Бу кинигэҕэ уопсайа 47 хоһоон киирбит. Киирии тылын “Уран тыл оһуора” түмсүү салайааччыта Раиса Николаевна Тимофеева-Михайлова суруйбут.
“Кытыл ырыата” диэн үһүс хоһооннорун хомуурунньуга 2020 сыллаахха Хотугулуу Илиҥҥи Федеральнай университет кинигэтин кыһатыгар 50 экземплярынан бэчээттэнэн тахсыбыт. Бу кинигэҕэ уопсайа 54 хоһоон киирбит. Киирии тылын Арассыыйа суруналыыстарын союһун чилиэнэ Марта Николаева - Сарыалыйа суруйбут. Николай Николаевич айылҕа анаабыт иэйэр кутун бэлэҕин туһанан, дууһа кылын таарыйар, сүрэх кистэлэҥ санаатын этэр ПОЭЗИЯ таайтарыылаах тылын арыйан, төрөөбүт дойдутун хатыҥын суугунугар бигэтэн, дойдутун мүөттээх салгынын, үрдүк мэҥэ халлаанын, хомоҕой тыллаах хоһоонугар хоһуйан, ылбаҕай тыллаах ырыатыгар ыпсаран бүөбэйдээн, иитиэхтээн, араҥаччылаан сылдьыбыт хоһооннорун түмэн хомуурунньук бу үс кинигэлэрин билистибит. Хоһооннор суруллубут темалара – сирдээҕи олоххо, киһиэхэ, айылҕаҕа, төрөөбүт дойдуга таптал. Ити истиҥ иэйии дьэрэкээн сибэкки, кэрэчээн лыах, сиккиэр тыал, күүстээх ардах, тыйыс тымныы, быһата, айылҕа бары көстүүтүн хоһуйууларын нөҥүө бэриллэр.
Онтон төрдүс тахсыбыт кинигэтэ “Сатаммат дьаһаах” диэн кэпсээннэр. Бу кинигэҕэ ааптар араас сылларга суруйбут Сахабыт сирин киэҥ киэлитигэр кэпсээҥҥэ сылдьар күүстээх, быһый, өркөн өйдөөх дьонун туһунан историческай чахчыларга олоҕурбут кэпсээннэрэ уонна бэйэтин олоҕуттан тэттик кэпсээннэрэ киирбиттэр. Кинигэ 2021 сыллаахха Хотугулуу Илиҥҥи Федеральнай университет кинигэтин кыһатыгар 50 ахсаанынан бэчээттэнэн тахсыбыт.
Хас биирдии киһи кистэлэҥнээх, таабырыннаах буолар. Ол курдук, Николай Николаевич хоһооннорун кистээн суруйа сылдьыыбыта син ырааппыт эбит ээ. Өссө да оннук кистии сылдьыаҕын биир үтүө күн табаарыһа көрөн, ааҕан дьоҥҥо таһаардаххына, сырдаттаххына табыллыыһы диэн сүбэлээн, онтон саҕаланан Куола уола диэн псевдоним ылынан, айар суола тэлэллэн 4 кинигэ таһааран дьонугар - сэргэтигэр бэлэх уунна. Хоһуйар хоһоонноро хостонон, кэпсиир кэпсээннэрэ кэккэлэһэн тахсалларыгар маҥнайгы хардыыны оҥорорго сүбэ – ама, төһүү күүс буолбут табаарыһа Россия Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, монументалист скульптор Оготоев Егор Петрович бу дьоро күн кэлэн эҕэрдэлээн, алгыс тылын тиэртэ.
Эҥсиэли хочотун баай кэрэ көстүүтэ, алыптаах айылҕата умсугутар айар талааннаах дьоммутун. Бу суруйар дьоммут айар талааннара үрдүккэ арылларыгар, дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕанарыгар улуус салалтатыттан өйөбүл-тирэх ылан өссө кыахтаналлар. Ол курдук бу дьоро күммүтүн иилээн-саҕалаан тэрийсэн, кинигэни, ааҕыыны өйүүр – өйдүүр, айар талааннаах дьоммутун киэҥ араҥаҕа сырдатарга дьулуһар “Хамаҕатта нэһилиэгэ” МТ баһылыга Иван Николаевич Максимов бэйэтин эҕэрдэтин тиэртэ.
Автор Николай Бурнашев – Куола Уола, айар куттаах талааннаах киһи, айылҕа кэрэ көстүүлэрин хаартыскаҕа түһэрэн ыларыныы ол дьикти түгэннэри хоһооҥҥо холбоон, айар тылга сыһыары тутарга дьулуһар. Хоһуйар – суруйар дьыалаҕа баҕа санаатынан салаллан, ис санаатынан эриллэн, бастакы үс кинигэтэ хоһооннорун хомуурунньуга буоллаҕына, төрдүс кинигэтэ “Сатамматах дьаһаах” диэн кэпсээннэр буолан соһутта. “Эн хоһуйар хоһоонноруҥ, тэттик кэпсээннэриҥ дьон – аймах сүргэтин көтөҕөр, толкуйдатар, сөхтөрөр, оччотооҕу кэми санатар аналлаахтар. Олорон, үлэлээн, бииргэ алтыһан ааспыт доҕотторун, аҕа саастаах дьоммут ааттарын үйэтитэн кэпсээннэргэр киллэрбиккэр махтал!” – диэн биир дойдулаахтара, бииргэ үөрэммит доҕотторо бу күн элбэх махтал тылларын эттилэр.
“Сатамматах дьаһаах” кинигэҕэ киирбит Афанасьев Егор Дмитриевич “Олоххо дьулуур” уонна Сергей Васильевич Уһуунускай “Үүтээҥҥэ кыстаабыппыт” кэпсээннэр геройдара кэлэн уруккуну-хойуккуну, көрүдьүөс түгэннэри санаан үөрэн-көтөн кинигэ бэлэхтээх ыалдьыттаан аастылар.
Николай Николаевич айар-тутар суолугар сэргэ хаамсар, кинини кытта биир сүргэҕэ сылдьар, биир тыыннаах дьонноро Алексей Михайлович Татаринов – Удьурҕай салайааччылаах “Отуу уота” литературнай түмсүү элбэх кинигэ бэлэхтээх, кэпсээн сэһэннээх, ырыалаах-тойуктаах эҕэрдэлээтилэр.
Бу күн эҕэрдэ тыл эгэлгэтэ этилиннэ. Ол курдук, кыраайы үөрэтээччилэрбит Николай Дмитриевич Захаров, Касьян Афанасьевич Олесов, Мария Григорьевна Винокурова, Григорий Семенович Потапов, Нам оройонугар биир бастыҥ үлэлээх “Комсомольскай” сопхуоска дириэктэринэн үлэлээбит Михаил Сергеевич Баишев, Д.Д. Новгородов аатынан “Кэскил” балаҕан хаһаайката Ольга Ивановна Новгородова уонна Николай Николаевич оҕолоро, сиэннэрэ кэлэн эҕэрдэлээн бу күммүтүн өссө дириҥ суолталаан биэрдилэр.
Николай Николаевич, ыра санааҥ кынатыгар уйдаран, өссө да уран тыл ураты кылларын таарый, ийэ тыл көстүбэт күлүүһүн көрдөө, төрөөбүт төрүт буор кэрэтин хоһуй, хоһоонун хонуута сибэкки мичээринэн көрдүн, олоҕуҥ уйгу чорооно толору кымыстаах буолуохтун диэн алгыс тылбытын аныыбыт.
Хамаҕаттаҕа саҥа кинигэ сүрэхтэннэ
Хамаҕатта нэһилиэгэр кииннэнэн тэриллибит, Сэбиэскэй кэмҥэ ньиргиччи үлэлээн ааспыт “Комсомольскай” сопхуос 45 сыллаах үбүлүөйүгэр ананан сопхуос историятын түмэн “КОМСОМОЛЬСКАЙ” СОПХУОС – ОЛОХПУТ УЙГУТА” диэн дириҥ ис хоһоонноох, дьоһун кинигэ сүрэхтэнэр кэтэһиилээх дьоро күнэ “Фортуна” киэҥ уораҕайыгар ахсынньы 21 күнүгэр буолан ааста.
Сэбиэскэй кэмҥэ Нам оройуонугар биир бастыҥ үлэлээх “Комсомольскай” сопхуос тэриллиитин, үлэ күүрээннээх кэмнэрин, ону тэҥэ ыһыллыытын толору хабар, эҥкилэ суох үлэлээбит аҕа саастаах көлүөнэ, эдэр ыччат, үлэ майаактарын, бастыҥнарын сырдатар, үтүө ааттарын үйэтитэр сыаллаах кинигэ суруллан, үүнэр көлүөнэ нэһилиэктэрин кэрчик кэмин өйдүүрүгэр, умнубатыгар туһуланна.
Бу дьоһун кинигэбит кэккэ сылларга биһиги нэһилиэги кытта элбэхтэ бииргэ үлэлэһэн кэлбит “Көмүөл” кинигэ кыһатыгар Дьокуускай куоракка 400 ахсаанынан бэчээттэнэн таҕыста. Кинигэни хомуйан оҥордулар редколлегия: Касьян Афанасьевич Олесов, Николай Дмитриевич Захаров, Афанасий Михайлович Бурнашев, Егор Романович Леонтьев, Мария Григорьевна Винокурова.
Бу кинигэ 528 сирэйдээх, элбэх архыып докумуоннара, сэдэх урукку хаартыскалар, олохтоох ааптардар хоһоонноро киирдилэр. Кинигэбит 4 нэһилиэк: Хамаҕатта, Никольскай, Салбаҥ уонна II Хомустаах олохтоох дьаһалталарын кыттыгас үбүлээһиннэринэн бэчээттэнэн таҕыста. Өйөөбүттэрин иһин баһылыктарбытыгар Максимов Иван Николаевичка, Кривогорницын Алексей Карловичка, Аргунов Сахаян Прокопьевичка, Новгородов Лев Николаевичка барҕа махтал тылларын аныыбыт!
Бу күн үөрүүбүтүн үллэстэ ыраахтан-чугастан ыҥырыылаах ыалдьыттарбыт тоҕуоруһа мустан санааларын үллэстэн, “Комсомольскай” сопхуос 45 сыллаах үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээтилэр. Ол курдук, улууспут биир саамай ыраах нэһилиэгиттэн 52 кыраадыс тымныыттан толлубакка “Салбаҥ нэһилиэгэ” МТ баһылыга Сахаян Аргунов кинигэҕэ үлэлэспит дьонун илдьэ кэлбитэ хайҕаллаах. Бу курдук “Никольскай нэһилиэк” МТ депутаттарын бэрэссэдээтэлэ Потапов Григорий Семенович уонна Хатас биригээдэтиттэн салайар үлэҕэ өр сылларга үлэлээбит Тарский Петр Егорович II-Хомустаах делегациятын салайан ыалдьыттаатылар.
Биир бастыҥ үлэлээх сопхуос бастакы дириэктэрэ Бочкарев Владимир Михайлович кыыһа Лена Владимировна, иккис дириэктэр Баишев Михаил Сергеевич уонна Габышев Николай Петрович кэргэнэ Ирина Иннокентьевна Габышева долгуйан туран кинигэ таһаарыытын сүрүннээбит “Хамаҕатта нэһилиэгэ” МТ баһылыгар Иван Максимовка уонна кинигэҕэ үлэлэспит дьоҥҥо дириҥ махталларын тиэртилэр. Ыҥырыылаах ыалдьыттарбыт СӨ транспорын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Ил Дарханын, СӨ бырабыыталыстыбатын, Парламенын автобаазатын салайааччыта Иван Иванович Николаев, улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Мария Семеновна Игнатьева уонна хас бирдии кэлбит ыалдьыт, сопхуоска үлэлээн ааспыт кинигэбит дьоруойдара ол саҕанааҕы кэми ахтан –санаан, истиҥ эҕэрдэ тыллары эттилэр. Нам улууһун землячествотын салайааччыта Гаврил Гаврильевич Местников сопхуоска “Комсомольскай” диэн аат хайдах иҥэриллибитин сырдатта. Бу дьоро күммүтүн музыкальнай эҕэрдэнэн киэргэттилэр Любовь Иванова, Татьяна Гаврильева уонна Надежда, Михаил Макаровтар. Ону тэҥэ, И.С. Шарапов аатынан сири туһаныы Никольскайдааҕы мусуой үлэһиттэрэ “Күргүөмнээх үлэ кэрэһэлэрэ” диэн оччотооҕу мал-сал фотозона-быыстапкатын уонна “Борис Васильев объективыттан” диэн ааттаан Б.М. Васильев хаартыскаларын быыстапкатын туруоран дьон биллэ сэргэхсийдэ.
“Түөрт нэһилиэктэн таҥыллыбыт холбоһуктаах уопсастыбаннай эрэдээксийэ уустук кэмҥэ үлэлээтэ: аан дойду үрдүнэн тарҕаммыт хара дьаҥ ыарыы, ону таһынан быйылгы бүтүн өрөспөпүүбүлүкэ үрдүнэн барбыт ойуур баһаардара тураннар үгүс мэһэйдэри үөскэттилэр. Онон кэмигэр кэпсэтии, санааны атастаһыы, ырытыһыы, матырыйааллары, хаартыскалары ыытыһыы барыта Интернет, сотовай сибээс, социальнай ситим нөҥүө барбыта” - диэн редколлегия сиһилии кэпсээтэ. Егор Романович Леонтьев “Буурҕа-буулдьа дьылыгар” диэн Эллэй хоһоонун быһа тардан доргуччу өйүттэн ааҕан бу дьоро күн мустубут дьону - үөлээннээхтэрин, ыалдьыттары сөхтөрдө.
Кылгас кэм иһигэр үтүмэн үгүс матырыйаалы түмэ тардыахха диэтэххэ сыралаах-сындааһыннаах үлэ оҥоһуллубут. Маннык түгэҥҥэ өрөбүл, бырааһынньык, уоппуска эрэ буолбакка, күннээҕинэн аһыыр ас, утуйар уу умнуллар. Кинигэ тахсарыгар кыраайы үөрэтээччи Николай Дмитриевич Захаров баай ис хоһоонноох дьиэтээҕи архыыбыттан үгүс сылларга муспут элбэх матырыйаала: илиинэн суруйуулара, бэлиэтээһиннэрэ, хаартыскалара, хаһыаттар ыстатыйалара, сопхуос наҕараадаларын туоһулуур Бочуотунай грамоталара, дастабырыанньалара, араапар-альбомнара, эркин бюллетенэ, о.д.а. матырыйааллара туттуллан биир улахан сүдү тирэх буолбутун элбэх киһи бэлиэтээн эттэ.
Дьэ, бу курдук кинигэбит күүстээх түмсүүнэн уонна үлэнэн сүрдээх улахан бэлэх буолан таҕыста. Үлэлэспит дьоҥҥо редколлегияҕа уонна биирдиилээн ахтыы, хаартыска биэрэн көмөлөспүт бар дьоммутугар махтал истиҥ тылларын аныыбыт. Кинилэр бу сүҥкэн үлэлэрэ Саха өрөспүүбүлүкэтигэр биир бастыҥ үлэлээх “Комсомольскай” сопхуос тэриллиитин, онно киирбит нэһилиэктэргэ тэнийбит үлэ күүрээннээх кэмнэрин, үлэлээн ааспыт дьоммут аатын үйэтитэн, кэлэр көлүөнэҕэ дьоһун бэлэх буолла. Кэлэр өттүгэр дьон-сэргэ, үүнэр көлүөнэ бары өттүттэн билсиэ, чинчийиэ турдаҕа, дьэ онуоха кинигэҕэ түмүллүбүт матырыйаал баай теоретическай олук буолуоҕа. Аҕа көлүөнэни ытыктааһын үтүө үгэһэ утумнана турдун, нэһилиэк историятын үйэтитэр кэскиллээх дьыала салҕанан, кэҥээн истин.
Хомус күнэ — Саха Өрүспүүбүлүкэтин бэлиэ күнэ. Саха омукка хомус быдан былыргыттан, сиэр-туом култууратыттан силис-мутук тардан, ырыаны-тойугу кытта хатыйса алтыһан уһун тыыннана, сүтэн, симэлийэн хаалбакка баччаҕа тиийэн кэллэ. Ытыс иһигэр тутуллар дьоҕус бэйэтэ күөрэгэй ырыалаах, кэҕэ кэпсээннээх, оһуокай дьиэрэйэр тойуктаах, ураты сылаас тыыннаах саха хомуһа барахсан билигин саха норуотун духовнай култууратын байытар үтүө дьылҕалаах национальнай инструмеҥҥа кубулуйда. Бу күн анаан хомус ууһун Нюргустан Уваров - Хатан Ууһу билиһиннэрэбит. Киирэн көрүн, сэргээн.
Биллиилээх суруналыыс, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, поэт, өр сылларга "Ленин суола", "Эҥсиэли" хаһыаттарга кылаабынай редакторынан үлэлээбит, Нам улууһун айар талааннаахтарын "Отуу уота" литературнай түмсүүнү төрүттээбит, салайбыт Николай Михайлович Рыкунов төрөөбүтэ 85 сылыгар аналлаах ахтан - санаан ылар куйаар ситимин нөҥүө истиҥ - иһирэх көрсүһүүнү сэҥээрэ көрүҥ
16 ноября в селе Крест-Кытыл Намского улуса открыли детский сад «Тускул» на 240 мест.
Туда переедут воспитанники двух дошкольных учреждений «Сарыал» и «Кытылчаан», располагающихся в ветхих деревянных зданиях. Объект построили по федеральному проекту «Содействие занятости женщин — создание условий дошкольного образования для детей в возрасте до трех лет» нацпроекта «Демография». Его стоимость составляет 383,2 миллиона рублей, большая часть из которых выделена из федерального бюджета. Здание имеет три этажа. Здесь есть музыкальный и спортивный залы, медицинский кабинет, компьютерный класс, кабинеты логопеда и психолога, пищеблок. Во дворе обустроены прогулочные и спортивные площадки. Особое внимание строители уделили вопросам безопасности, оборудовав объект видеонаблюдением, системой охранной и пожарной сигнализации.
Детский сад «Тускул» начнет принимать детей в начале следующего года после оформления разрешительных документов. Здесь будет открыто 12 групп для детей младшего, среднего и старшего дошкольного возрастов. Площадь помещений позволяет принять большее количество детей младшего дошкольного возраста, благодаря этому в детском саду откроют ясельные группы.
678383
ул. Охлопкого-Соттоя, 9
с. Крест-Кытыл, Намский улус,
Республика Саха (Якутия), Россия
с.т. 89679122229